Түмэл түгэннэрэ: дьикти ыалдьыт

28.08.2024

Күндү доҕоттор, үөрүүнү кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлин туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсээн «Түмэл түгэннэрэ» диэн саҥа рубриканы кытта билиһиннэрэбит. Күннээҕи олох-дьаһах араллааныгар арыт тула баар дьиктини бэлиэтии көрбөккө хаалабыт.

Бу соторутааҕыта биһиги түмэлбитигэр Дьокуускай куорат олохтоохторо, дьикти ураты дьиэ-кэргэн, Анна Петровна Захарова уонна кини 10 сиэнэ ыалдьыттаата. «Айвазовскай уонна нуучча улуу маринистара», ону тэҥэ «Сэлии кэмэ» диэн икки быыстапканы көрөн биһирээтилэр.

Анна Петровна төрдүс сылын тапталлаах сиэннэрин бэйэтин даачатыгар мунньан дьиэ кэргэн лааҕырын тэрийэн үлэлэтэр. Бары бииргэ, иллээх-эйэлээх этэрээтинэн, аат, девиз толкуйдаабыттар, ыытыллар үлэ-сынньалаҥ программатын оҥорбуттар.

«Күн аттыгар» диэн араас саастаах оҕолортон турар хамаанда чуҥкуйар диэни билбэт: бэйэлэрэ минньигэс ас астыыллар, тыаттан дөлүһүөн, отон хомуйан хаһааналлар, бииргэ уруһуйдууллар, киэһээтин остуоруйа кэпсэтэн аралдьыйаллар. Түлүпүөнү туттар бириэмэлэрэ хааччахтаммыт, онон оҕолор элбэхтик ооньууллар, дьиэҕэ үлэлииллэр уонна бииргэ араас түмэллэргэ, киинэҕэ, пааркаҕа сылдьаллар. Оҕолор бэйэлэрэ этэллэринэн: «Маннык сылдьар олус үчүгэй эбит».

Төһө да араас саастаах буоллаллар, оҕолор наһаа иллээхтэр, бэйэ бэйэлэригэр олус кыһаналлар, улахаттар кыралары көрөллөр-харайаллар, олортон саамай аччыгыйдара 3 саастаах. Оҕолор сүҥкэн үөрүүнү бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһыыттан, айымньылаах сынньалаҥтан ылаллар, дууһалыын астыналлар.

Биһиги түмэлбит иллээх дьиэ кэргэн, оҕолор таптаан сылдьар, айымньылаах сиринэн буоларыттан үөрэбит уонна үтүө үгэс буолуо диэн эрэнэбит. Искусство сүдү күүһэ кэрэҕэ уһуйуу, дьиэ-кэргэн сыаннастарын, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтүүтэ буолар!

WhatsApp Image 2024-08-20 at 17.04.40.jpeg

Поделиться